Улуу Туймаада хочотун түөлбэтиттэн сырдык санаам сайаҕас эҕэрдэтэ!

 

Самаан сайын кэлбитинэн, Ыһыахтар түмүктэммиттэринэн эбэҥкилии эҕэрдэбин этэбин! Ыһыах — Саха норуотугар бу ытыктыыр, таптыыр бырааһынньыкпыт – саҥа дьылга үктэнэр үтүө-мааны күммүт буолар. Кыстыгы этэҥҥэ түмүктээн, түөрт атахтаах сүөһүлэрбитин күөххэ үктэннэрэн, илгэлээх үрүҥ аспытын дэлэтэн, бу баар күүстээх үлэ түмүгэ, үөрүү үгүһэ, дьол эгэлгэтэ.

Бэс ый 16-27 күннэригэр Туймаада хочотугар дьоллоох Дьокуускай куоракка үлэбинэн командировкаҕа сылдьан кэллим. Бастакы күммүт олус долгутуулаах буолан биэрдэ. Бырабыытылыстыба иккис нүөмэрдээх дьиэтигэр Сахабыт сирин 36 оройуонуттан, уокуругуттан быйыл саҥа тэриллибит Тарыып аагыныстыбатын үлэһиттэрэ аан бастакы көрсүһүүбүтүн бэрт тэрээһиннээхтик ыыттылар. Саха сирин Сыана бэлиитикэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Борисовна Винокурова сүбэ мунньахпытын арыйда уонна хас биирдиибитигэр сэмэй бэлэх туттартаата. Мунньах иннинэ барыбытын биирдиилээн ааппытын ааттаан, хантан төрүттээх, туох ситиһиилээх буоларбытын билиһиннэрэ-билиһиннэрэ ытыс тыаһынан салайааччылыын хаартыскаҕа хатанныбыт, биир саҥа атын сүрүн көстүү буолла. Сэттэ күн усталаах Сыана бэлиитикэтин сүрүн үлэһиттэрэ биһиэхэ анаан сүрүн наадалаах семинардарын ыыттылар.

Иккис күн Сахабыт сиригэр Ыһыах күнэ буолан, биһигини Чочур Мыраан этнокомплекс уһаайбатыгар бырааһынньыкка ыҥырдылар. Тэрээһин Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар, Саха сиригэр Ийэ сылыгар аналлаах, уонна былырыын буолуохтаах, ол эрэн кэккэ биричиинэннэн тэриллибэтэх, Сыана кэмитиэтин төрүттэммитэ 55 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир кэрэ күҥҥэ ананна, ол курдук ытык сиргэ үктэммит суолбунан бигэтик айанныахха. Бу күҥҥэ бары Айылҕалыын алтыһан, Саха норуота күөх сайыны уруйдаан, самаан сайыны айхаллаан, Үрдүк Айыыларга сүгүрүйэн, уйгу-быйаҥ ыһыахпыт саҕаланна. Бука бары бииргэ түмсэн, улууспут аатын көмүскээн, ыһыах маанылаах ыалдьыттара, сайыҥҥылыы сайаҕас санаалаах, бырааһынньыктааҕы настарыанньаны бэлэхтээн, самаан сайын уйгу быйаҥыттан күүс-уох эбиннибит, уонна инники үлэбитигэр улахан төһүү күүс буолуоҕа диэн эрэнэбин. Үгэс быһыытынан Аал уоту оттон, үрдүкү Айыыларыттан көрдөһөр үҥүүтэ-сүктүүтэ саҕаланна, маны барытын Ытыктыыр киһибит, Сыана бэлиитикэтин салайааччыта Антонина Винокурова сахалыы уонна нууччалыы тылларынан толорбута киһини эрэ сэргиир, кэрэхсиир. Төгүрүк Оһуохайга икки сүүсчэ билиҥҥи, урукку үлэһиттэр түмсэн, Сахабыт сирин араас муннуктарыттан, Арассыыйа куораттарыттан, элбэх араас омук мустаммыт, бары бииргэ сомоҕолоһоммут кэскили түстээтибит, күүс ылынныбыт.

Тэрээһиммит иккис чааһа, сандалы остуол кэрэ түгэннэриттэн кэпсээн ыллахха…араас күрэхтэр, күлүүлээх да түгэннэр, минньигэс ас арааһа барыбытын түмтэ, холбоото. Эрдэ этиллибитин курдук биһиги тарыып агеннара дойдубутуттан бэлэмнэнэн кэлбиппит, национальный таҥас уонна национальнай бүлүүдэ күрэсктэргэ кыттарга. Бастаан саамай дэлэй, минньигэс, киэргэллээх ас күрэһэ буолла. Кыттааччы элбэҕэ, ас арааһа манна тэнийэн сытар, бииртэн биир саҥалыы ас амтана ньиргиччи һаала иһин ылан кэбистэ. Дьүүллүүр Сүбэ быһаарыытынан үс бастакы миэстэни биэрэбит диэн, биһигини кыттааччылары өссө долгуттулар, түмүгэр үс бастаабыт кыттааччылар ыаллыы сытар Анаабыр, Эдьигээн уонна Өлөөн оройуонун аһылыктара кыайыылаах үрдүк аатын сүктүбүт. Эдьигээн Далбар хотуна, Елена Храмова, биһиги биир дойдулаахпыт диэтэхпинэ сыыспатым буолуо, Ийэтэ Өлөөнтөн төрүттээх эбит, «оленьи мозги», о.э. таба мэйиитин буһаран хамыыһыйаны сөхтөрдө, онтон Анаабыр кыыһа, биһиги чугас аймах-уруу балыспыт Прасковья Захарова аһа дэлэйин, индигиркаттан саҕалаан, хааска тиийэ, ону тэҥэ таба хаанын халбаһыыта дьон махтайыытын ылыан ылла. Мин Өлөөнум күндү аһылыктарын тэлгэтэн «Оленекский нимат» композиция оҥорон, хаппыт эт, хаппыт балык, тугунок, таба быарыттан кэтилиэт, туорт, таба тылын ураһалыы ууран, о.д.э. дойдум баайын тэлгэтэн эмиэ күүстээх биһирэбили бэлэх туттум.

 


Иккис күрэх Саамай бастыҥ национальнай көстүүм. Күрэххэ эмиэ элбэх кыттааччы көхтөөхтүк кытынна, дьахтар уонна эр киһи көстүүмнэрин туһунан сыаналаатылар. Бастакы күрэстэн уратыта диэн Дьүүллүүр Сүбэ сыаналаабата, ьаала иһигэр олорор дьон ытыстарынан, ыһыыларынан сыаналаатылар. Хас биирдиибит таҥаспытын билиһэннэрэн баран, иннин диэки дефиле оҥортолоотубут, түмүгэр дьахталларга Өлөөн уонна Анаабыр таҥастара тэҥнэстилэр, ол да буоллар салайан ыытааччы бастакы миэстэни эмиэ иккиэммитигэр туттартаата. Эр дьоҥҥо Ньурба тарыып агыана Василий ылыан ылла. Дьэ эр дьоҥҥо баар эбит, мин санаабар көрдөхпүнэ, камзол, кур, саппыкы, барыта биир курдук, онтон доҕоттоор, сахалыы таҥастарын көмүскээн, кэпсээн киирэн барбыттарыгар, сыҥааҕым аллараа түһүөр диэри сөхтүм, махтайдым, сахалыы быһахтара ханнык аҕа уус оҥорбута, матырыйаала, аны көстүүмнэригэр туох кыбытыылааҕа, киис курдук күндү түүлээҕи киллэрэн, киэргэтэн биэрэллэр эбит, курдарын оһуордара эмиэ араас буолар эбит.

Дьэ, саамай күүтүүлээх, күүстээх күрэх «Мисс Цена и Мистер Тариф» саҕаланна. Уопсайа 8 кыттааччылар, 4 кэрэ аҥар, 4 эр хоһуун, 4 Тарыып агеннара, 4 ГКЦ үлэһиттэрэ күөн көрүстүлэр. Бастакы түһүмэх бэйэни билиһиннэрии, Үөһээ-Бүлүүттэн саха кэрэ кыыһа Ольга, Мииринэй куораттан омуга бурятка Надежда бэйэлэрин билиһиннэрбит нүөмэрдэрэ астык буолла. Эр дьоҥҥо Сунтаартан Тимур, Намтан Дмитрий олус интэриэһинэйдик билиһиннэрдилэр. Иккис түһүмэх боппуруоска эппиэттээһин, бары да чөл өйдөөх, сытыы эппиэттэрдээх буолан биэрдилэр. Бүтэһик түһүмэх талба талаан, бары талаан манна мустубут, Мииринэй кыыһа кэрэ куолаһынан барыларын аптаан ылла, Үөһээ Бүлүү кыыһа успуорду сөбүлүүр буолан, фитнес үҥкүүтүнэн былааһы ылла. Уолаттар да хаалсыбатылар, холобура Нам уола, брейкдэнс үҥкүүнү толорон ыһыы-хаһыы киниэнэ, ыаллыы сытар Һунтаар эр бэрдэ Арассыыйа туһунан ырыаны толорон, кырдьык бу буола турар кэмҥэ, бары биир сомоҕо буолуохтаахпытын өрө тутта. Кытаанах киирсии кэнниттэн бастакы үрдэл ааттары сүктүлэр «Мисс Цена» — Мииринэй тарыып агыана Надежда Иванова уонна «Мистер Тариф» — Сунтаар тарыып агыана Тимур Иванов. Эҕэрдэ кэллиэгэлэрбэр, бу курдук ыраас, сырдык талааҥҥытынан бар дьоҥҥутун үөрдэ-көтүтэ сылдьыҥ!

Бырааһынньык салҕанар, эҕэрдэлэрин бэлэхтээтилэр ырыанан, үҥкүүнэн Сахабыт сирин чаҕылхай сулустара, уонна хас биирдии кэлбит ытык ыалдьыт эмиэ бэйэлэрин эҕэрдэ тылларын, ону тҥэ музыкальнай нүөмэрдэрин бэлэхтээн бырааһынньыкпытын киэргэттилэр.

Айылҕа кэрэ көстүүтүгэр араас фотозона, хаартыскаҕа түһээһин, профессиональнай фотограф кэрийэ сылдьан эрэ барыбытын, барытын хатаан, бэлэх ууммута олус күндү бэлэх буолар.

Түгэнинэн туһанан, миэхэ күүс-көмө буолбут бар дьоммор хас биирдиигитигэр, аһылыкпар, таҥаспар көмөлөспүт, сүбэ биэрбит, мин үөрүүбүн тэҥҥэ ватсап нөҥүө үллэстибит биир дойдулаахтарбар махтаннаҕым буолуохтун.

Биллэн туран, саамай чаҕылхай, хаһан да умнуллубат Ыһыаҕы тэрийбит Сыана бэлиитикэтин, Тарыып аагыныстыбатын бары үлэһиттэригэр Сиргэ диэри бокулуон буолуохтун!

Быйылгы Ыһыах Эһиэхэ бүтүн сыл устата эрчимнээх күүһү уонна эрэл санааны биэрэригэр, былааннаргыт, баҕа санааларгыт туолалларыгар баҕарабын!

Эҕэрдэни кытары ЭЛЬВИРА ЯКОВЛЕВА,

«Сардаҥа» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэндьиэнэ,

Өлөөннөөҕү тарыып агыана

Источник: https://сарданагазета.рф/article/63488

VK
Telegram
WhatsApp

Пересмотрены базовые уровни тарифов на перемещение и хранение задержанных транспортных средств на территории Республики Саха (Якутия) на 2025 год

Государственным комитетом по ценовой политике Республики Саха (Якутия) пересмотрены базовые уровни тарифов на перемещение и хранение задержанных транспортных средств на 2025 год с ростом на 4,5%. Напомним, что ежегодная корректировка долгосрочных тарифов на перемещение и хранение задержанных транспортных средств осуществляется в соответствии с методическими указаниями, утвержденными приказом ФАС России. Пересмотр тарифов делается по заявкам тех

На форуме «Цифровой алмаз» отметили работу Госкомцен в сфере цифровой трансформации

Участники федерального форума «Цифровой алмаз» собрались на пленарное заседание, чтобы обсудить российские инновации в глобальной ИТ-инфраструктуре. Заместитель председателя Правительства Республики Саха (Якутия) Анатолий Семенов поделился опытом региона в области цифровой трансформации различных секторов экономики, социальной сферы и государственного управления. В 2022 году для координации усилий в регионе был создан проектный офис, ответственный за цифровую трансформацию,

Профилактическая беседа с магазином «Пятерочка»

Заместитель директора ГКУ РС(Я) «Тарифное агентство» Галина Служаева по поручению Государственного комитета по ценовой политике Республики Саха (Якутия) провела профилактическую беседу с магазином «Пятерочка» на информацию о высоких ценах на молоко в ходе мониторинга сети Интернет. Руководство магазина ознакомились с действующими на территории Республики Саха (Якутия) торговыми надбавками на социально значимые продовольственные товары, установленные приказом